Биир айыл5а

Санаара Шилеув
Туманнаах киэhэ5э,
yлэлээн бyтэммин,
Дьиэлээбит диэбитти,
Тутуурдаах хаамабын.
Ый сырдык ыллыгар
Эйигин ахтаммын
Ыйдана уотугар
Санаар5аан тохтоотум..
Урукку ал5аhы,
Кэм кэрдиис тoннордэ,
Кыыдаман майгыны
Сирэйбэр хаарыйда..
Ол ааспат, ол оспот
Сытыылаах тыллара,
Yрyн муус кyрyoлээн
Эргиччи бyрyйэн
Олохпут суолларын
Тус туспа араартыыр.
Бyгynny киэhэттэн,
Халлаантан ыйдаnа
Эйигин саныырбын
Кyлyмнээн биллэриэ
Мин аптаах алгыстаах
Алыптаах тылларым
Харыыстаах муустары
Yрyйэ уулларыа.
Этэбин? yohэттэн,
Мунаарбыт кyннэргэр
Ыйдаnа ыллыктаан
Ааннаргын арыйар.
Эн ааккын истэммин
Ыраахтан yoрэбин
Ча5ылхай тэрээhин
Табыллыы тyстyyбyн!
Икки кыыл кылааннаах
Кyyстэрин бэрсиhэн
Биир майгы айыл5а
Буолбуппут, умнума...
Бyгynny киэhэ5э..
Урукку кyлyктэр
Сyрэхпин сылытан
Кистэлэn тапталбын
Эргитэн...аастылар.
14.01.2018